- 25.11.2024
- 146
- нет
Сэтинньи ый 22 күнүгэр Арассыыйаҕа — «Дьиэ кэргэн», Саха өрөспүүбүлүкэтигэр — «Оҕо», Нам улууһугар — «Оҕо спорда» уонна Никольскай нэһилиэгэр – «Оҕо уонна Төрүт тыл» сылларыгар ананар «Төрүт тыл – өркөн өй» “Никольскай нэһилиэк” муниципальнай тэриллии көҕүлээһининэн сэргэх тэрээһин ыытылынна.
Тэрээһин Малаанньа күөлүгэр “Байанай алгыһынан”, Куйуур сиэрин, хаамыытын көрдөрүүтүнэн саҕаланна.
Улуус оскуолаларын 6,7,8 кылаас оҕолоро үс хайысханнан күөн көрүстүлэр. Ол курдук, хайысхаларынан биирдии оҕо үс сиринэн күрэхтэстилэр: “Аман өс” — араатар төрөөбүт тылынан уустаан-ураннаан кэпсиир тыл күрэҕэ “АКЦ” түһүлгэтигэр, “Өбүгэ мындыр оонньуута” – саха төрүт оонньууларын күрэҕэ Сир түмэлигэр уонна «Өркөн өй» өй күрэҕэ (интеллектуальнай оонньуу) библиотекаҕа ыытылыннылар.
“Аман өс” күрэҕэр Мамаев Уйгун 1-кы Хомустаах үөрэнээччитэ 1-кы, Рязанская Амелия Хамаҕатта саха-французскай лициэйин үөрэнээччитэ 2-с, Мартынов Айтал Хатыҥ-Арыы үөрэнээччитэ 3-с миэстэлэргэ тигистилэр.
“Өбүгэ мындыр оонньуута” 5 көрүҥҥэ (ситии быаны утары маска эрийии, сыалы хабыы, күөрчэх эрийии, ситии быаны биир илииннэн эрийии, хомуур) күрэхтэһэн кыайыылаахтарынан таҕыстылар: Винокуров Валерий 8 кл. – 1-кы миэстэ, Колпашников Лёня 8 кл. – 2-с миэстэ, Яковлев Алгыс 6 кл. – 3-с миэстэ.
«Өркөн өй» оонньууга билиилэрин-көрүүлэрин тургутуһан көрөөрү 6-7 кылаас оҕолоро күөн көрүстүлэр.
Уопсайа 6 түһүмэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан таҕыста, Гоголева Айыллаана Хамаҕатта орто оскуолатын 7 кыл. үөрэнээччитэ, 2-с миэстэҕэ Колесов Никита 1-кы Хомустаах 6 кыл. үөрэнээччитэ, 3-с миэстэни Трапезникова Ева Хамаҕатта саха-французскай лициэйин үөрэнээччитэ ыллылар.
Уопсай түмүгүнэн, 1-кы Хомустаах оскуолатын хамаандата 1-кы, Хатыҥ-Арыы оскуолатын хамаандата 2-с уонна Хамаҕатта саха-французскай лициэйин хамаандата 3-с миэстэлэргэ тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр. Кыайыылаахтар бирииһинэн, Добун суругунан, кыттааччылар Туоһу суругунан наҕараадаланнылар.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко